Муниципальное бюджетное учреждение “Онерский Культурный центр “Тускул” муниципального образования “Онерский наслег” Усть-Алданского улуса (района) Республики Саха (Якутия)

Өнөр оскуолата 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ

Өнөр нэһилиэгэр ахсынньы 9 күнүгэр Россия Дьоруойа Михаил Михайлович Стрекаловскай аатын сүгэр Өнөр орто оскуолатын 100 сылын бэлиэтиир дьоро күнэ «Дьоруойдар күннэригэр» түбэһиннэрэн ыытылынна. Үбүлүөй тэрээһиннэрэ Кыайыы болуоссатыгар Өйдөбүнньүк миитинтэн саҕаланна. Үбүлүөйдээх күн биир бэлиэ түгэнинэн «Үөрэммит кыһабыт үйэлээх кэрдииһэ» диэн кинигэр сүрэхтэниитэ буолла. Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар араас кэмҥэ үөрэммит үөрэнээччилэр, үлэлээбит учууталлар бэйэлэрин эҕэрдэлэрин… (читать далее)

«Раз, два, три ёлочка гори» үһүс төгүлүн ыытыллар республикатааҕы дистанционнай күрэх балаһыанньата

«Раз, два, три ёлочка гори»  үһүс төгүлүн ыытыллар республикатааҕы дистанционнай күрэх балаһыанньата: Тэрийээччилэр: Уус-Алдан улууһа (оройуона) «Өнөр нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии «Өнөрдөөҕү «Тускул» сынньалаҥ киинэ». Сайаапкалары сэтинньи ый 17 күнүттэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри тутабыт.Түмүк ахсынньы 20 күнүгэр тахсар. Күрэх ирдэбилэ: Кыһын, хаар, саҥа дьыл, тыал курдук Сахабыт сирин чысхаан тымныытын хоһуйар, ойуулуур үлэлэр кыттыыны ылаллар. Күрэх 4 бөлөххө… (читать далее)

Олоҥхо күнүн көрсө «Дьиэрэй, дьиэрэһитэр дэгэрэҥ» дэгэрэҥ ырыаны толорооччуларга, кэтэхтэн ыытыллар аһаҕас күрэх балаһыанньата:

Олоҥхо күнүн көрсө «Дьиэрэй, дьиэрэһитэр дэгэрэҥ» дэгэрэҥ ырыаны толорооччуларга, кэтэхтэн ыытыллар аһаҕас күрэх балаһыанньата: Тэрийээччилэр: Уус-Алдан улууһа (оройуона) «Өнөр нэһилиэгэ» Муниципальнай тэриллии «Өнөрдөөҕү «Тускул» сынньалаҥ киинэ». Сайаапкалары тутуу: сэтинньи ый 17 күнүттэн сэтинньи 27 күнүгэр диэри тутабыт.Түмүк сэтинньи 29 күнүгэр тахсар. Күөн күрэс сыала-соруга: -Дэгэрэҥ ырыаны киэҥ эйгэҕэ тарҕатыы, сайыннарыы -Саха ырыатын төрүт ньымата салгыы сайдарыгар… (читать далее)

Олоҥхо күнүн көрсө «Чуопчаар чыыбы-чаабы чабырҕах» чабырҕаҕы толорор оҕолорго, кэтэхтэн ыытыллар аһаҕас күрэх

Олоҥхо күнүн көрсө «Чуопчаар чыыбы-чаабы чабырҕах» чабырҕаҕы толорор оҕолорго, кэтэхтэн ыытыллар аһаҕас күрэх балаһыанньата: Тэрийээччилэр: Уус-Алдан улууһа (оройуона) «Өнөр нэһилиэгэ» Муниципальнай тэриллии «Өнөрдөөҕү «Тускул» сынньалаҥ киинэ». Сайаапкалары тутуу: сэтинньи ый 17 күнүттэн сэтинньи 28 күнүгэр диэри тутабыт.Түмүк сэтинньи 30 күнүгэр тахсар. Сыала-соруга: -Чабырҕаҕы толоруу дьоҕурун сайыннарыы -Норуот тылынан уус-уран айымньытын кэнчээри ыччакка сөргүтүү -Көрүҥ быһыытынан сөргүтэн… (читать далее)

Өнөр нэhилиэгин олохтоохторо Улуу Ильмень күөл кыргыһыытын 19-с хайыһар биригээдэтин буойуттарын Бойобуой Знамятын көрүстүбүт

Сэтинньи 15 күнүгэр, сахалартан бастакы Россия Геройа М.М.Стрекаловскай биир дойдулаахтара, Өнөр нэhилиэгин олохтоохторо, Улуу Ильмень күөл кыргыһыытын 19-с хайыһар биригээдэтин буойуттарын Бойобуой Знамятын көрүстүлэр. Бу хамсааһыны “Эдэр Карбышевецтар”оҕо байыаннай-патриотическай уопсастыбаннай хамсааһын Саха сиринээҕи салаата Улуу Новгород сириттэн аҕалбыттар уонна «Ытык Ильмень устунан» диэн ааттаах 19-с хайыһар биригээдэтин Бойобуой Знамятын улуустары кэрийэ сылдьан кэпсииллэр, о5олорго көрдөрөллөр…. (читать далее)

«Бары бииргэ» аһымал концерт түмүктэннэ.

Алтынньы 29 күнүгэр «Тойон Муру» култуура дыбарыаһыгар биир дойдулаахпытыгар Ушницкай С.С. эмтэнэ барарыгар аналлаах «Бары бииргэ» аһымал концерт буолан ааста. Өнөр, 1 Өспөх нэлилиэктэрин талба талааннаах артыыстарын холбоһуктаах концера олус тэрээһиннээхтик ыытыллан ааста. Концерты СР культуратын туйгуннара Ион Лукачевскай, Василий Федоров, Анна Макарова, Виталий Гоголев, Илья Гуляев, Евдокия Бурцева, Туяра Жиркова, «Күбэйэ» трио, Октябрина Протопопова,… (читать далее)

Саха сирин ийэлэрин күнүн түмүктүүр «Ийэ дьоло» тэрээһин.

Өнөр нэһилиэгэр «Күн сирин күндүтэ-күн күбэй ийэ» саха сирин ийэлэрин күнүгэр аналлаах нэдиэлэ буолла. Элбэх араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытылыннылар. Нэдиэлэ бүтүүтэ көлүөнэлэр икки ардыларыгар «Ийэ дьоло» диэн ааттаах станцияларынан оонньуу буолла. Кэлбит ийэлэр хамаандаларга арахсан бэлэмнэммит станцияларга олус сэргэхтик, күлэн-үөрэн биэчэри атаардылар. Тэрээһин ыытыытыгар биир санаа буолан сүүрбүт -көппүт дьоммутугар махтабытын тиэрдэбит. Нэһилиэккырдьаҕастарын сэбиэтин бэрэсэдээтэлигэр… (читать далее)

«Tupperware» иһит тула маастар кылаас.

Саха сирин ийэлэрин күнүгэр аналлаах нэдиэлэ устата араас хабааннаах тэрээһин ыытылынна. Олртон биирдэстэрэ, аны дьиэ хаһаайкатын кутун туппут «Tupperware» иһит буолар. Нэһилиэкпитигэр баар компания консультаннара түмсэн миэстэтигэр иһиттэргэ астаан көрдөрдүлэр. Уонна кэлбит ыалдьыттар иһити эргитэ сылдьан тутан, сыаналаатылар. Аныгы олох сайдыытыгар иһит -хомуос инники хардыы оҥорон иһэриттэн сүрдээҕин сэҥээрдилэр. Уонна бу күн, элбэх оҕолоох ыал… (читать далее)

«Ийэм бэлэ5э» быыстапка дьон биһирэбилин ылла.

Ийэ нэдиэлэтигэр аналлаах тэрээһиннэртэн биирдэстэринэн «Ийэм бэлэҕэ» быыстапка буолла. Быыстапкаҕа ийэлэрэ бэлэхтээбит, анаан хаалларбыт араас маллара кэлэн турдулар. Быыстапканы көрбүт оҕолор түмүккэ: Ийэ бэлэҕэ туохтааҕар да күндү. Биһиги эмиэ улааттахпытына барытын харыстыы сылдьыахпыт диэн санааларын эттилэр. Быыстапкаҕа кыттыыны ыллылар: 1-Павлова Матрена Гаврильевна 1946 с. Эһэлээх бөһүөлэгэр төрөөбүтэ. Идэтинэн буҕаалтыр. Кыыһыгар Светлана Семеновна Черноградскаяҕа анаан хаалларбыт… (читать далее)