Муниципальное бюджетное учреждение “Онерский Культурный центр “Тускул” муниципального образования “Онерский наслег” Усть-Алданского улуса (района) Республики Саха (Якутия)

«Ийэм бэлэ5э» быыстапка дьон биһирэбилин ылла.

Ийэ нэдиэлэтигэр аналлаах тэрээһиннэртэн биирдэстэринэн «Ийэм бэлэҕэ» быыстапка буолла. Быыстапкаҕа ийэлэрэ бэлэхтээбит, анаан хаалларбыт араас маллара кэлэн турдулар.

Быыстапканы көрбүт оҕолор түмүккэ: Ийэ бэлэҕэ туохтааҕар да күндү. Биһиги эмиэ улааттахпытына барытын харыстыы сылдьыахпыт диэн санааларын эттилэр.

Быыстапкаҕа кыттыыны ыллылар:

1-Павлова Матрена Гаврильевна 1946 с. Эһэлээх бөһүөлэгэр төрөөбүтэ. Идэтинэн буҕаалтыр.

Кыыһыгар Светлана Семеновна Черноградскаяҕа анаан хаалларбыт сувенирдара.

2-Муругова Оксана Васильевна 1968 с. Тиит-Арыы нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Идэтинэн парикмахер.

Улахан кыыһыгар Мария Лукачевскаяҕа анаан хаалларбыт иһиттэрэ.

3-Россия Геройа Михаил Михайлович Стрекаловскай кэргэнэ Копырина Александра Михайловна кыыһыгар Екатерина Михайловнаҕа 1970 сыллаахха бэлэхтээбит “Косметичка” суумката.

4-Саха республикатын уус-уран оҥоһуктарын маастара Анисия Ивановна Ушницкая кыыһыгар Анна Васильевнаҕа 50 сааһын туолбутугар биэрбит чаппараах кэмпилиэгэ уонна  55 сааһыгар тигэн бэлэхтээбит сахалыы үтүлүгэ, олбоҕо.

5-Баишева Матрена Николаевна 1944 сыллаахха кулун тутар 25 күнүгэр Чубучааныга төрөөбүтэ. Идэтинэн учуонай-зоотехник. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан Дьокуускай куоракка олорор. Оҕуруонан тигэрин, быысабайдыырын, макраменан оҥорорун сөбүлүүр.

Кыыһыгар Лена Васильевнаҕа бэлэхтээбит оҥоһуктара

6-Егорова Зинаида Ильинична — Булуҥ улууһугар Тиксигэ төрөөбүтэ.

Кыыһыгар Ирина Ивановнаҕа ананан хаалбыт мас иһиттэрэ.

7-Петрова Лидия Александровна 1964 сыллаахха Анаабырга төрөөбүтэ. Иитээччи идэлээх. Кыралаан коллекциянан дьарыктанар. Кыыһыгар Ушницкая Екатерина Никитичнаҕа «Күбэйэ» оҕо киинин уурар иһити 2012 сыллаахха бэлэхтээбитэ.

8-Дьячковская Анна Андреевна 1926 сыллаахха Чурапчы улууһугар төрөөбүтэ. Чурапчы бытовой комбинатыгар иистэнньэҥ быһыытынан үлэтин саҕалаабыта.

Кыыһыгар Любовь Дмитриевнаҕа анаан бэлэхтээбит иһитэ, былаата, скатера.

9-Иванова Анна Федорова 1953 сыллаахха төрөөбүтэ. Идэтинэн киномеханик, товаровед. Сөбүлээн кыбытык тигиинэн, кылынан-сиэлинэн дьарыктанар этэ.

Кыыһыгар Снежана Александровна Лукачевскаяҕа  1993 сыллаахха иистэнэр массыынаны бэлэх оҥорбута.

10-Парникова Анастасия Кузьминична Найахы нэһилиэгэ Балыктаах бөһүөлэгэр төрөөбүтэ. Уһуйааҥҥа өр сыл устата үлэлээбитэ.

Кыыһыгар Парникова Варвара Афанасьевнаҕа сахалыы мас иһиттэрин бэлэҕэ.

11-Федорова Анна – Сиэстирэ Ааныс. Тэбиик нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

Кыыһыгар Лыткина Светлана Афанасьевнаҕа бэлэхтээбит суумката.

12-Соловьева Ольга Николаевна 1917 сыллаахха Тэбиик нэһилиэгэр «Туола» сайылыкка төрөөбүтэ.

Кыыһыгар Лукачевская Нина Егоровнаҕа 1970 сылларга бэлэхтээбит сувенир куукулалара, шкатулката.

13-Бурнашева Мария Егоровна 1948 сыллаахха Эһэлээх бөһүөлэгэр төрөөбүтэ. Идэтинэн уһуйаан иитээччитинэн үлэлээбитэ.

Кыыһыгар Захарова Наталия Семеновнаҕа бэйэтэ оҥорон бэлэхтээбит сахалыы ыаҕыйалара, маллаах иһиттэрэ.

14-Филиппова Фелицата Васильевна 1935 сыллаахха төрөөбүтэ.

Кыыһыгар Федорова Эльвира Николаевнаҕа бэлэхтээбит «Дьиэ көрүүтэ» диэн кинигэтэ.

15-Лукачевская Надежда Николаевна 1972 сыллаахха Өнөр нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

Улахан кыыһыгар Афанасьева Джулия Владиславовнаҕа саҥа дьиэҕэ киирбитигэр бэлэхтээбит хартыыната.

16-Федорова Мария Петровна 1950 сыллаахха Эһэлээх бөһүөлэгэр төрөөбүтэ. Идэтинэн – иистэнньэҥ.

Кыыһыгар Лукачевская Надежда Николаевнаҕа бэйэтэ тигэн бэлэхтээбит олбоҕо уонна сахалыы суумката. Ону тэҥэ, төрөөбүт күнүгэр бэлэхтээбит «Мааны астаах сандалы» кинигэтэ.

17-Черноградская Анна Егоровна 1931 сыллаахха Өнөргө төрөөбүтэ.

Кыыһыгар Охлопкова Марфа Еремевнаҕа бэйэтэ оҥорбут кольета уонна бэлэхтээбит вазата.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Можно использовать следующие HTML-теги и атрибуты:
<a href="" title=""> <abbr title=""> <acronym title=""> <b> <blockquote cite=""> <cite> <code> <del datetime=""> <em> <i> <q cite=""> <s> <strike> <strong>