Муниципальное бюджетное учреждение “Онерский Культурный центр “Тускул” муниципального образования “Онерский наслег” Усть-Алданского улуса (района) Республики Саха (Якутия)

«Сибэкки тула» дьиэ сибэккитин сөбүлээн дьарыктанар кэрэ аҥардар түмүстүлэр.

«Күн сирин күндүтэ-күн күбэй ийэ» нэдиэлэ чэрчитинэн «Сибэкки тула» дьиэ сибэккилэри мунньар, дьарыктанар кэрэ аҥардар мустан, бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааста. Бу биэчэргэ, биһиги нэһилиэкпитигэр сибэкки эгэлгэтин мунньар, сөбүлээн дьарыктанар Альбина Николаевна кэлэн кэпсээтэ. Альбина Николаевна бэйэтин сибэккилэрин хаартысканан көрдөрөн кэпсээн, сүбэлэрин биэрдэ.

Альбина Николаевна тула мустубут далбар хотуттар, сибэкки отростактарынан атастаһан, билбэттэрин билэн бардылар. Түмүккэ, аны саас аан дойду дьахталларын бырааһынньыгын диэки нэһилиэк далбар хотуттарын мунньан сибэкки дьаарбанкатын ыытарга этии эттилэр.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Можно использовать следующие HTML-теги и атрибуты:
<a href="" title=""> <abbr title=""> <acronym title=""> <b> <blockquote cite=""> <cite> <code> <del datetime=""> <em> <i> <q cite=""> <s> <strike> <strong>