Эһигини сырдык бырааһынньыгынан – Учуутал күнүнэн эҕэрдэлиибит!
Учуутал үлэтэ – уустук. Ол эрээри, олус үтүөкэн быйаҥнаах. Эһиги оҕо тулалыыр эйгэтин билэригэр, бу олоххо бэйэтин булунарыгар, ыараххаттары туоруу, бэйэтин дьоһун уонна тус санаатын көмүскүү үөрэнэригэр көмөлөһөҕүт. Биһиги кэскилбит Эһигиттэн тутулуктаах — эһиги оҕолору иитэн-үөрэтэн таһаараргытыттан.
Биһиги уһуйааччыларбыт киэҥ билиилэрэ, үлэҕэ баай уопуттара, идэлэригэр бэриниилэрэ, тулуурдара, үөрэнээччилэригэр тапталлара кэнэҕэһин даҕаны Саха сирин кэлим сайдыытыгар төһүү күүс буолуо диэн эрэнэбит.
Ис сүрэхпититтэн дьолу, доруобуйаны, саҥа ситиһиилэри, махталлаах үөрэнээччилэри баҕарабыт. Үтүө үлэҕит иһин эһиэхэ барҕа махтал буоллун!
Санаабыккыт бары туола турдун, айымньылаах үлэҕит үрдүк ситиһиилэннин! Дьиэ кэргэҥҥитин куруук эйэ уонна дьол арыаллаатын!