Бүгүн нэһилиэкпитигэр олорор сэрии сылын оҕолоругар 8 киһиэхэ (6 ыалга), нэһилиэкпит тэрилтэлэрин дьоно-сэргэтэ, бэтэрээннэр сэбиэтэ, нэһилиэкпит булчуттара акцияҕа кыттыһан муспут аһын тумэн илдьэн биэрдибит, эҕэрдэ тыллары эттибит, ыллам ырыалары бэлэхтээтибит.
Күндү нэһилиэкпит тэрилтэлэрин дьоно-сэргэтэ, бэтэрээннэр сэбиэтэ, нэһилиэкпит булчуттара! Сааһырбыттар декадаларын чэрчитинэн, бу акция5а туора турбакка, аҕам саастаах дьоммутугар ис сүрэхтэн бэлэх оҥорорго кылааккытын киллэрбиккитинэн махтанабыт! Инникитин да маннык чугас дьоммутун үөрдэ — көтүтэ сылдьыаххайын. Ыраас халлаан эрэ эҥэрдэстин!