Буолар сирэ: Ыһыахтыыр түһүлгэ
Буолар күнэ: Бэс ыйын 17 күнэ
Күөн күрэс сыала – соруга:
-Кэнэ5эски кэнчээри ыччаты фольклорга уһуйуу, угуйуу, үөрэтии.
-фольклору үйэтитии
Ирдэбилэ:
-Маннык көрүҥнэргэ күрэх буолар:
●хомус
●Тойук
●Оһуохай
●чабырҕах
●норуот ырыата
-күрэхтэһиигэ биирдиилээн кытталлар (оскуола сааастаах оҕолор).
-кыттааччы сценическай культурата.
-тылын-өһүн чуолкайа.
-нүөмэрин жанрыгар олоҕуран чаҕылхайдык толоруута.
-толорооччу бириэмэтэ хааччахтаммат
-толоруу хаачыстыбата сыаналанар
-дьүүллүүр сүбэ быһаарыыта бүтэһиктээх
Сайаапканы ыһыах буолар күнүгэр диэри биэрэҕит.
Түмүк дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан тахсар. Кыайыылаахтарга өйдөбүнньүк бириистэр уонна грамоталар туттарыллыахтара.
Көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар.
Тэрийэр бөлөх.