Муус устар 16 кунугэр «Сааһы уруйдаан» сандал сааһы көрсүү бырааһынньыгын бэлиэтээн эҕэрдэ кэнсиэрдээх, түөлбэнэн уонна биирдиилээн күрэхтэһиилэр буолан аастылар.
Түөлбэнэн частушка, блины күрэҕэ, көрдөөх эстафета, канат тардыһыыта уонна хомуур хапсаҕай көрүҥнэргэ күөн көрүстүлэр.
Биирдиилээн гиря анньыыта, городки, скакалка, арм-рестлинг, испиискэнэн мас тардыһыыта, быанан кулгаах тардыһыыта, хаатыҥка быраҕыыта, сыттыгынан сайсыы уонна саамай уһун тыыннаах күрэхтэр буоллулар.
Күрэх түмүгүнэн:
Түөлбэнэн:
1м. Харбанньа түөлбэтэ
2м. Сайдам түөлбэтэ
3м. Боруочай түөлбэтэ
Биирдиилээн күрэхтэргэ:
Гиря анньыыта — Барабанский Семен
Городки — Сергеев Андрей
Скакалка — Шелковников Иннокентий
Арм-рестлинг — Протопопов Иван
Испиискэнэн мас тардыһыыта — Протопопов Иван
Быанан кулгаах тардыһыыта — Сыроватский Иван
Хаатыҥка быраҕыыта:
Оҕолорго — Дьяконов Ньургун
Дьахталларга — Яценко Дарина
Таба тап:
Улахан дьоҥҥо — Барабанский Семен
Оҕолорго — Ушницкая Тася
Сыттыгынан сайсыы — Бурнашев Артур
Саамай уһун тыыннаах — Дьяконов Сулустаан