Күммүт уота күүскэ тыган
Кэтэһиилээх кэрэ сааспыт барахсан
Эргиллэн кэлбит үөрүүтүгэр
Ама ким ыллаабат-туойбат
Үөрбэт-көппөт буолуоҕай
👋👋👋Күндү Эһэлээхпит бөһүөлэгин олохтоохторун😊😉
💦 «СААҺЫ УРУЙДААН»💦
сандал сааһы көрсүү бырааһынньыгар, барыгытын муус устар 1️⃣6️⃣ күнүгэр, күнүс 14:00ч күүтэбит ✊😉😃😊
БУОЛАР СИРЭ: Парка
Бырааһынньык программата:
🔸Бырааһынньыктааҕы эҕэрдэлэр
🔸Түөлбэлэртэн атыы-тутуу ярмарката
🔸Түөлбэнэн күрэхтэһии:
🔆 Частушка күрэҕэ (3 киһиттэн итэҕэһэ суох, 1 оҕо киириэн сөп).
🔆 Блины күрэҕэ «Саамай үрдүк блины» 🥞
Түөлбэ спортивнай күрэҕэ:
🔆 Көрдөөх эстафета
🔆 Канат тардыһыыта
🔆 Хомуур хапсаҕай
🔆Мас тардыһыыта
(хамаанда састааба 4 эр дьон, 1 дьахтар).
🔸 Биирдиилээн күрэхтэһиилэр:
🔆 Гиря анньыы
🔆 Тоҥ хаарынан сүүрүү
🔆 Городки
🔆 Скакалка
🔆 Армрестлинг
🔆Мас тардыһыыта (испиискэнэн)
🔆 Кулгаах тардыһыыта
🔆Хаатыҥка быраҕыы (дьахталлар, оҕолор)
🔆Таба тап (ул.дьон, оҕолор)
🔆Сыттыгынан саайсыы (оҕолор)
🔆Саамай уһун тыыннаах
☀️💧☀️💧☀️💧☀️💧☀️💧☀️💧☀️💧
Ону тэҥэ, көрдөөх маассабай оонньуулар ыытыллыахтара.
☀️☀️☀️
Кыһыны атаарыы бырааһынньыгар нэһилиэк олохтоохторо ас атыылаан, оонньуу оонньотон бииргэ буолуҥ диэн ыҥырабыт 👏 👏 👏
Кэлиҥ, сылдьыҥ, бары бииргэ кэрэ сааһы үөрэ-көтө көрсүөҕүҥ👍✊🌿💦😊😊😊