Муниципальное бюджетное учреждение “Онерский Культурный центр “Тускул” муниципального образования “Онерский наслег” Усть-Алданского улуса (района) Республики Саха (Якутия)

«Кыайыыны ырыанан уруйдаан» улуустааҕы ырыа күрэҕэ.

Кулун тутар 29 күнүгэр А5а дойдуну кемускуур Улуу Кыайыы 80 сылын корсо республиканскай, улуснай патриотическай ырыа курэхтэрин Гран-При ханаайката, лауреата Анна Петровна Алексеева сырдык кэриэпигор аналлаах «КЫАЙЫЫНЫ ЫРЫАНАН УРУЙДААН» аһаҕас республиканскай патриотическай ырыа курэ5э Уус-Алдан улууьун Тумул сэлиэнньэтигэр «Тумсуу» сынньалан киинигэр буолан ааста. Бу күрэххэ биһиги нэһилиэктэн «кыайыыга дьулуурун иһин» анал ааты Анатолий Борисов, Антонина… (читать далее)

«Күн эйгэ» култуура үлэһиттэрин күнэ…

Кулун тутар 28 күнүгэр, үгэскэ кубулуйбут «Күн эйгэ» култуура үлэһиттэрин чиэстиир дьоро-мааны тэрээһин буолан ааста. Быйылгы тэрээһин, култуура идэлээх күннэрин бэлиэтиир дьоро күн түбэһиннэрэн буолла.

Уус-Алдан улууһун култууратын үлэһиттэрин делегацията, Таатта үтүө түөлбэтигэр ыалдьыттаата.

Кулун тутар 26 күнүгэр, Уус-Алдан улууһун култууратын үлэһиттэрэ, Таатта улууһун үтүө түөлбэтигэр баран ыалдьыттаата. Сергей Сергеевич Нафанаилов салайааччылаах делегация, баран опыт атастаһан, үлэни-хамнаһы кытта билсэн, инники үлэ былааннарыгар торумнаһан кэллэ.

Култуура декадатын арыллыыта 18.03.25.

Кулун тутар 18 күнүгэр «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһыгар култуура үлэһиттэрин декадатын арыйар, улуус кулууратын үолэһиттэрин холбоһуктаах кэнсиэрэ буолла. Биһиги нэһилиэктэн Мария Лукачевская, Мхаил Сыроватскай бу концертка баран кыттыыны ылан кэллибит.

«Ах, какие женщины» улууснай күрэххэ «Дьүөгэ» ансамбль кыргыттара.

Кулун тутар 7 күнүгэр «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһыгар «Ах, какие женщины…» улуустааҕы тэрилтэлэр уонна түмсүүлэр икки ардыларыгар ыытыллыбыт күрэххэ «Дьүөгэ» вокальнай ансамбль кыргыттара: Василиса Ушницкая, Джулия Афанасьева, Екатерина Атласова, Мария Лукачевская буолан кыттаннар, 2 миэстэ буолан үөрүү-көтүү кынаттанан кэлбиттэрэ. Күрэххэ барыта 5 хамаанда 4 -түү киһи састааптаах (4 түһүмэххэ) кытынныбыт. Визитка, талаан, ретро мода, киэһээҥҥи… (читать далее)