Улуу КЫАЙЫЫ 80 сылыгар аналлаах «Кэриэстэбил төлөнө »
Ыам ыйын 9 күнүгэр Өнөр нэһилиэгэр Улуу КЫАЙЫЫ 80 сылынан, кыргыһыы толоонугар охтубут буойуттарбытыгар аналлаах «Кэриэстэбил төлөнө» (СВЕЧА ПАМЯТИ) буолан ааста.
Ыам ыйын 9 күнүгэр Өнөр нэһилиэгэр Улуу КЫАЙЫЫ 80 сылынан, кыргыһыы толоонугар охтубут буойуттарбытыгар аналлаах «Кэриэстэбил төлөнө» (СВЕЧА ПАМЯТИ) буолан ааста.
1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылыгар анаммыт үбүлүөйдээх парад Өнөр нэһилиэгэр ыам ыйын 8 күнүгэр буолан ааста. Россия Геройа Михаил Михайлович Стрекаловскай аатынан Өнөр орто оскуолатын тиэргэниттэн нэһилиэк Кыайыы болуоссатыгар диэри параадтаан тиийдибит. Улуу Кыайыы Знамятын киллэрдилэр, Россия Геройа Михаил Михайлович Стрекаловскай аатынан Өнөр орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, «ШМАС» военно-патриотическай кулууп иитиллээччилэрэ. Кыргыһыы… (читать далее)
Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, улуустааҕы “Тойон Мүрү” ырыа айааччылар түмсүү, СӨ Ырыа айааччылар Сойуустарын, СӨ баянистарын, гармонистарын Ассоциациятын чилиэнэ, Уус Алдан улууһун култууратын, СӨ норуот уус-уран айымньытын, Уус Алдан улууһун социальнай-экономическай сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин Анал бэлиэлэр хаһаайына, СӨ идэлээх сойууһун Федерациятын «За доблестный труд» мэтээлин хаһаайына, 2024 с. «Бастыҥ тыа сирин кулуубун үлэһитэ» Саха… (читать далее)
Улуу Кыайыы 80 сылыгар, Мүрү нэһилиэгэ тэриллибитэ 65 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт улуустааҕы «Алаас ырыата» биирдиилээн толорооччуларга ырыа күрэҕэ, муус устар 12 күнүгэр Мындааба5а буолан ааста. Онно биһиги нэһилиэктэн Владислав Лукачевскай, Долгууна Кардашевская, Анатолий Борисов, Мария Лукачевская баран кыттыыны ылла. Түмүккэ: -Мария Лукачевская -Дипломант 1 степень, «Бастыҥ ырыаны арыйааччы» анал аат Владислав Лукачевскай буолары ситистилэр.
Муус устар 8-9 күннэригэр Бороҕоҥҥо култуура колледжа кэлэн үлэлиир үлэбитигэр көмөлөөх буоллун диэн, эбии үөрэх ыытылынна. Онно биһиги култуурабыт дьиэтиттэн үс киһи баран үөрэннилэр.
«Байанайы батыһан — 2025» күрэх иккис күнэ «Хатыҥнаах» күөлүгэр буолан ааста. Хамаандалар икки ардыларыгар эстафета, хомуур хапсаҕай, канат тардыһыыта. Ону тэҥэ, биирдиилээн дьоҥҥо «ойбон алларыыта», араас көрдөөх күрэхтэр буоллулар.
Муус устар 5-6 күннэригэр, биир дойдулаахтарбытын түмэр, үтүө үгэскэ кубулуйбут «Байанайы батыһан -2025» кыра тохтобул кэнниттэн, сөргүтүллэн буолан ааста. Күрэхтэһиигэ барыта үс хамаанда, ол курдук, олохтоохтор, Дьокуускайга олорор биир дойдулаахтарбыт уонна Мүрүттэн аҕыйах буолан кэлэн күөн көрүстүлэр. Бастакы күн устата хамаандалар: бильярд, корнхол, дартс, волейбол, хабылык, хаамыска уонна мас тардыһыытыгар күөн көрүстүлэр. Бу ыытыллыбыт күрэхтэр… (читать далее)