Россия дьиэ кэргэн, республикаҕа оҕо-аймах, улууспутугар аҕа сылларын чэрчитинэн, бүгүн аан дойду дьиэ кэргэнин күнүн көрсө нэһилиэкпит дьиэ кэргэттэригэ аналлаах, төрөппүт уонна оҕо квест оонньуу буолан ааста. Барыта 6 хамаанда тэринэн кэлэн көхтөөхтүк кытыннылар. Хамаандалар 6 түһүмэхтэри ааһан, дьиэ кэргэн сынньалаҥ киэһэтэ бэрт сэргэхтик ааста. Уонна түмүккэ:
«Ырыа куттаах дьиэ кэргэн» — Атласовтар дьиэ кэргэн.
«Аа5ар дьиэ кэргэн» — Ушницкая Алена кыыһа Ариналыын
«Истин сыһыан» анал аат — Черноградскай Анатолий кыыһа Айааналыын
«Өркөн өй» анал аат — Федорова Эльвира оҕолоро Петя, Ванесса
«Эрчимнээх дьиэ кэргэн» — Протопоповта Светлана кыыһа Сайааналыын
«Эрэллээх дьиэ кэргэн» — Кардашевская Долгууна кыыһа Алгыстааналыын
Сэргэх күрэхтэһии сүрүн спонсордарынан буоллулар, биһиги нэһилиэкпит тэрилтэлэрин коллективтара.
Бу тэрээһини ыытары көмөлөспүт оскуола коллективыгар, олохтоох библиотека үлэһиттэригэр, ону тэҥэ спонсордарбытыгар уонна кыттааччыларбытыгар улахан махталбытын тиэрдэбит.
Дьиэ кэргэҥҥитигэр ил-эйэ эрэ эҥэрдэстин, чэгиэн-чэбдик сылдьаргытыгар баҕарабыт.