Муниципальное бюджетное учреждение “Онерский Культурный центр “Тускул” муниципального образования “Онерский наслег” Усть-Алданского улуса (района) Республики Саха (Якутия)

Киһи үтүөтэ үс үйэҕэ умнуллубат!

Өнөр нэһилиэгин культурнай-экономическай сайдыытыгар улахан үтүөлээх Василий Сергеевич Сыроватскай быйыл төрөөбүтэ 125 сылыгар.

Бу орто туруу бараан дойдуга олорор хас биирдии киһи киинэ түспүт сирдээх, төрөөбүт-үөскээбит дойдулаах. Дьон-сэргэ туһугар олохторун бүтүннүү анаабыт, олох ирдэбиллэрин кытта тэҥҥэ хардыылаабыт, сэрии, сут-кураан сыллар күчүмэҕэйдэрин туоратыыга утуйар ууларын умнан туран үлэ үөһүгэр үрүлүйбүт, сырдык дууһалаах, сылайбат сындааһыннаах, модун санаалаах аҕа көлүөнэ чулуу дьоно хас нэһилиэк ахсын баар.

Оннук киһинэн хорсун, булугас өйдөөх, олоххо уһаарыллан сиппит-хоппут Сыроватскай Василий Сергеевиһи ааттыыбыт. Кинини кырдьаҕастар, орто саастаах көлүөнэ билигин да ытыктаан үтүө өйдөбүлүнэн, убаастаан ахталлар.  Дьоно-сэргэтэ «Сэргэй уола», «Сэргэй Баһылайа» диэн ааттыыра. Ити аатынан нэһилиэгин, улууһун тас өттүгэр тиийэ биллэрэ.

Василий Сергеевич 1897 сыллаахха ахсынньы 27 күнүгэр Манда үрэх Тайҕаратыгар, Тоҕуй аҕатын ууһугар, Өнөр нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кини миэтэрэ аҕыс уонтан сабырыйар үрдүк көнө уҥуохтааҕа, кэтит дараҕар сарыннааҕа, ыраас сэбэрэлээҕэ.

Өктөөбүрүскэй өрөбөлүүссүйэни 20 саастааҕар көрсүбүтэ. Сэбиэскэй былаас маҥнайгы сылларыттан саҕалаан саҥа олоҕу тутууга олус эрчимнээхтик ылсыбыта. Оччотооҕу былаас маҥнайгы дьаһалларын олоххо киллэриигэ актыыбынайдык кыттан барбыта, үгүстүк айаҥҥа-сырыыга сылдьыбыта, нэһилиэгин, холкуоһун туһугар элбэҕи оҥорбута. Сытыы-хотуу эдэр киһи саҥаны билиэн-көрүөн баҕата улаатан испитэ. Актыыбынай майгылаах эдэр киһиэхэ нэһилиэк общественноһа эппиэттээх сорудахтары сүктэртээбитэ.

1923-1925 сылларга кини Өнөр нэһилиэгин Сэбиэтин пленумун чилиэнинэн уонна бу нэһилиэк Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит. 1925-1926 сылларга Алдаҥҥа саҥа тэриллэн эрэр көмүс промышленнаһыгар баран үлэлиир. Василий Сергеевич айаны-сырыыны кыайыгас. Эппит тылыгар турумтуо, олус толоругас этэ. 1926-1927 сылларга Якутторг таһаҕаһын Верхоянскай маҕаһыыныгар таһарга кэпсэтэр.

         Максим Кирович Аммосовтаах туруорсууларынан Саха сирин оҥоруулаах күүстэрин сайыннарыыга, экономикатын, культуратын түргэн тэтиминэн өрө көтөҕөргө Союз Наукатын Академиятын кытта кэпсэтиһэн хас да салаа экспедициялары  тэрийтэрэн үөрэттэриигэ үлэлээһини ситиспиттэрэ. Бу экспедициялар сирдьиттэринэн, таһаҕасчыттарынан олохтоохтор көхтөөхтук кыттыбыттара. Василий Сергеевич Дьааҥытааҕы гидрологическай этэрээккэ таһаҕасчыт быһыытынан 1927-1929 сылларга сылдьыбыта. Бу этэрээт Союз Наукатын Академиятын биир салаа экспедициятынан буолар. Бу манна кини Дьокуускайтан Верхоянскай куоратыгар диэри 150 буут таһаҕаһы кэмигэр үчүгэйдик тириэрдибиттэрин туһунан махтал суругу ылбыта.

         Кини таһаҕасчыт быһыытынан бэрт ыраах үрэх бастарынан күчүмэҕэй суоллаах сирдэринэн айаннааһыныгар төһөлөөх эрэйи, быһылааннары даҕаны көрсүбүтэ буолуой?! 1928 сыллаахха тохсунньу 5 күнүгэр Саастыма диэн сиртэн 550 буут Якутторг таһаҕаһын бандьыыттартан кыл мүччү күрэппиттэрин туһунан справка.

         Ол курдук Василий Сергеевич туохтан да чаҕыйбат эр санаалаах хорсун-хоодуот этэ. Дьокуускайтан Верхоянскайга диэри элбэх аты көтөллөнөн таһаҕаһы  таһыах диэтэххэ, манан аҕай киһи толорор үлэтэ буолбатах. Өрүстэри, үрэхтэри, тарыҥнары туорааһын, Верхоянскай туруук сис хайатын уҥуордааһын киһиттэн элбэх күүһү-уоҕу, сылайбат сындааһыны, сатабылы, сахалыы мындыр буолууну эрэйэр этэ.

         Василий Сергеевич бу сындалҕаннаах сырыыларыттан дойдутугар 1929 сыллаахха эргиллэн кэлиитигэр холбоһуктааһын уонна сири түҥэтии, ТОЗ-тары уонна холкуостары тэрийии үгэннээн бара тураллара. Кини дойдутугар кэлээт Манда үрэх сүнньүгэр төрөөбүт Тайҕаратыгар кииннээн бастакы ТОЗ, онтон артыалы бииргэ үөскээбит киһитинээн Черноградскай Степан Иннокентьевичтыын тэрийэллэр. Манна кини сирэй бэрэссэдээтэлинэн 5 сыл үлэлиир. Онон Өнөр нэһилиэгэр биир бастакы колхоһу тэрийээччи уонна салайааччы буолар. Үрэх сүнньүн ыраастааһын, ууну күөллэргэ түһэрии, бурдук сирин солооһун, ходуһаны, бааһынаны бүтэйдээһин үлэлэригэр Василий Сергеевич элбэх сыратын биэрбитэ. Колхоз бары соҕутуопкатын былааннарын кэмигэр толороро.

         Алдаҥҥа көмүс промышленноһыгар үлэһиттэри  ыытарга сорудах кэлбитигэр, Сэргэй уола баҕа өттүнэн көмүскэ үлэлии барбыта. Көмүс промышленнаһыгар 1932-33 сылларга биригэдьииринэн ситиһиилээхтик үлэлээн, «Көмүс промышленноһын ударнига» үрдүк ааты ылан дойдутугар эргиллибитэ.

         Ити кэмҥэ нэһилиэккэ үбү хомуйууга ыарахаттар үөскээбиттэрэ. Олохтоох Сэбиэт салалтата Василий Сергеевиһы бу эппиэттээх үлэҕэ анаан, Баһылай нэһилиэнньэни кытта тэрээһин үлэни тупсаран, Өнөр нэһилиэгэ кылгас кэм иһигэр үбү хомуйууга бастыҥнар кэккэлэригэр тахсарыгар кыах ситиһиллибит.

         Василий Сергеевич салгыы нэһилиэгэр биригэдьииринэн, солбуйар бэрэссэдээтэлинэн ситиһиилээхтик үлэлээбитэ.

         Кэлин 1940 сыллар чугастарыгар «Саҥа сайдыы» холкуос «Кыһыл кыһа» холкуостуун холбоһон Чкалов аатынан холкуос буолбута. Онно биригэдьиирдээбитэ. Үлэлиир кэмигэр сүөһү аһылыгар ыарахаттар үөскээбиттэригэр Покровскай Хачыкаатыгар от оттотон, сылгылары кыстатарга көһүүнү тэрийбитэ. От атыылаһан Горнай оройуонугар сылгы кыстыгын тэрийбитэ.

Аҕа дойду сэриитэ саҕаланарын кытта нэһилиэккэ сут-кураан күннэр үүммүттэрэ. Ол кэмҥэ хонуу биригэдьиирэ Василий Сергеевич салайар-тэрийэр дьоҕура, олоххо уопута колхоһу элбэхтик абырыыра. Үлэни кыайар бастыҥ үлэһиттэр сэриигэ барбыттара. Инньэ гынан, доруобуйаларын туругунан сэриигэ барбатах үлэһиттэри уонна дьахталлары, оскуола үөрэнээччилэрин мунньан биригээдэлэри тэрийэн, оттуур сирдэри кэпсэтиһэн булан оттооһуну тэрийбитэ. Миэстэҕэ аһыҥа туран, ходуһалар үүнүүлэрэ мөлтөөбүтэ. Бэйэтин баҕатынан Нам Арбыныгар киирэн кэпсэтэн, сир анаттарбыта. Оттооһуну тэрийэн, 150 ынах сүөһүнү кыстатар усулуобуйаны хааччыйбыта. Кыстыкка киириэх иннинэ ынах сүөһүлэри көһөртөөн, кыстыгы тэрийиигэ эппиэттээх салайааччы эбээһинэһин сатабыллаахтык толорбута. Ити курдук сэрии ыарахан сылларыгар кини салайар-тэрийэр дьоҕура, мунньуммут баай уопута холкуоһу уустук балаһыанньаттан таһаарыыга умнуллубат үтүөлээх.

Сэрии сылларын маҥнайгы икки-үс сылларыгар Кэбээйи, Нам сирдэригэр сылгы, ынах сүөһүлэри сүтүгэ суох кыстатары хааччыйыыга сүрүн салайааччы, тэрийээччи быһыытынан үлэлээбит үтүөтэ умнуллуон сатаммат. Кини ити сылларга нэһилиэк иккис Горькай аатынан холкуос бэрэстэбиитэлэ буолан улахан өҥөнү оҥорбута. Аҥаардас общественнай сүөһүнү тотоойу аһылыгынан эрэ хааччыйбыт буолбатах, онно үлэлээбит үлэһиттэри аһылыгынан, туттар тэриллэринэн хаччыйбыт умнуллубат үтүөлээх.

1942-43 сылларга Кэбээйи оройуонугар оттуур сири анаттаран, 340 ынах сүөһүнү кыстатары хааччыйбыта. Атын оройуон дьонун-сэргэтин кытта саталлаахтык кэпсэтэн, ыарахан да боппуруостары кыайыылаахтык быһаарсара, сөптөөх дьаһаллары тутатына ылынара. Кини олоххо айылҕаттан киэҥ билиилээҕэ, дьону кытта сатаан сыһыаннаһара. Ити хаачыстыбалара ыарахаттары быһаарыыга үгүстүк туһалыыллара. Үлэһиттэр аһыыр астара бүттэҕинэ сүөһүнү сүөһүгэ, атыҥҥа да кэпсэтиһэн, аныгы өйдөбүлүнэн эттэххэ, хардарыта атастаһан, дьонун аһатан от оттоторо, кыстыгы быһаартарара.

Сэрии кэнниттэн айгыраабыт олоҕу чөлүгэр түһэриигэ өссө эрчимнээхтик ылсыбыта. 1948 сыллаахха Эһэлээххэ саҥа оскуола корпуһа тутуллар буолбутугар, тутууну саҕалыырга наадалаах докумуоннар суох буолан биэрбиттэрэ. Онно Баһылай тута сыста охсон, кини кыттыытынан смета, чертеж оҥоһуллубута. Нэһилиэк аатыттан бэрэстэбиитэл буолан Совмин тутууну ыытар управлениетыгар сылдьан, оскуола тутуллар боппуруоһун быһаарсыбыта. Салгыы УКС-ҕа хаста да кырынан оскуоланы тутууга үбүлээһини көрдөрөрү ситиспитэ.

Холкуоска уонна нэһилиэккэ туох саҥа киирэр наадата үөскээтэ даҕаны, кини кыттыыта суох, туох да олоххо киирбэт этэ. Оскуола тутуута буоллун, электростанцияны булуу, кырымахтаах саһыл ферматын тэрийии, о.д.а. – барытыгар кини барара, кини маҥнайгы сөбүлэһиилэри ситиһэрэ. Холкуос, нэһилиэк быһаарыллыбатах боппуруостарын сүнньүн булларыыга кэлбитэ, барбыта. Ити кэлиини-барыыны туһанан куоракка үөрэнэр оҕолоох ыаллар ас, таҥас ыыталлара эбиллэн испиттэрэ. Оннук кырата суох түбүктэри аахсыбакка, Баһылай барахсан хап-сабар хомуйан хас биирдии устудьуоҥҥа туох ыытыллыбытын чуолкайдык тиэрдитэлээн, үөрэнэр ыччат муҥура суох махталын ылбыта. Кини ыччат үөрэнэн үлэһит буоларыгар ис сүрэҕиттэн баҕарара, саҥаны, кэрэни, сырдыгы өйүүргэ, тэрийсэргэ улгумнук ылсара.

Сэргэй Баһылайа үлэлээбитин устатыгар элбэх Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта, махтал суруктарынан бэлиэтэммитэ, харчынан бириэмийэлэммитэ. 1941-45 сылларга «Килбиэннээх үлэтин иһин мэтээлинэн», хас да төгүл олохтоох Сэбиэт депутатынан, бэрэссэдээтэлинэн, оройуон норуодунай суутун сэтээтэлинэн быыбардаммыта. Эйэ көмүскэлин өрөспүүбүлүкэтээҕи конференциятын делегатынан, 1955 сыллаахха Бүтүн Союзтааҕы норуот хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар Москваҕа кыттыыны ылбыта.

Василий Сергеевич биир ииппитинээн үс кыыстаах: Мария Васильевна, Анна Васильевна уонна Мария Афанасьевна. Бу оҕолортон элбэх сиэн, хос сиэн баар. Василий Сергеевич, хомойуох иһин 1956 сыллаахха ыалдьан өлбүтэ.

Нэһилиэгин дьоно чиэстээн Эһэлээх бөһүөлэгин биир уулуссатыгар кини аатын иҥэрбиттэрэ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Можно использовать следующие HTML-теги и атрибуты:
<a href="" title=""> <abbr title=""> <acronym title=""> <b> <blockquote cite=""> <cite> <code> <del datetime=""> <em> <i> <q cite=""> <s> <strike> <strong>