Күн-дьыл барара түргэнин, көмүс күһүн кэлбитин билбэккэ да хааллыбыт. Бэрт аҕыйах күнүнэн, тыйыс тымныы тыыннаах,кырыа кыһыммыт тиийэн кэлиэ.
Алтынньы 12 күнүгэр Өнөрдөөҕү «Тускул» сынньалаҥ дьиэтигэр сааһырбыттар декадаларын түмүктүүр «Олохпут көмүс күһүнүттэн дуоһуйуох» диэн сынньалаҥ биэчэрэ ааста. Биэчэргэ өр көрсүбэтэх үөлээннээхтэр көрсөн ирэ-хоро кэпсэтэн, уруккуну-хойууккуну ахтыһан, тэттик сэргэхситэр оонньууларга оонньоон тарҕастылар.
Бу күн нэһилиэк кырдьаҕастарын сэбиэтэ, быйылгы сылга үбүлүөйдээх дьоннорун эҕэрдэлээн сэмэй бэлэхтэри, суруктары туттарда. Ону тэҥэ, көрсүһүү саамай ытык дьонугар өйдөбүнньүк бэлэхтэри биэрдилэр.
Түмүккэ санаа атастаһыы, баҕа санааларын этэннэр, кэлии дьоннорбутугар кэрэ айылҕалаах дойдубут үрэхтэрин, алаастарын үөрэтэр, сырдатар сыалтан бырайыак оҥорон кэрийэн кэпсиэххэ наада диэн этии киллэрдилэр.