Үүммүт 2022 сылга, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылынан, Өнөр нэһилиэгэр үөрэхтээһин тэриллибитэ 100 сылынан, өй-санаа өттүнэн сырдыкка, билиигэ-көрүүгэ угуйбут учууталларбытыгар сүгүрүйэн туран, бу бэлиэ сылы көрсө, оскуолабыт араас сыллардааҕы выпускниктара, нэһилиэк олохтоохторо, школа коллектива, олохтоох администрация бары бииргэ түмсэн, оскуолаларыгар, төрөөбүт дойдуларыгар учуутал күнүн бырааһынньыгар «Учуутал скверэ» бэлиэ бэлэх оҥордулар.