Муниципальное бюджетное учреждение “Онерский Культурный центр “Тускул” муниципального образования “Онерский наслег” Усть-Алданского улуса (района) Республики Саха (Якутия)

🎶 «УОСТАН ТYСПЭТ ЫРЫАЛАР»

Эһиэхэ анаан, саха норуотун кутун-сүрүн туппут, уостан түспэт, номох буолбут ылбаҕай ырыалара Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, Уус-Алдан маанылаах куолаһа Ион Лукачевскай толоруутугар

Ион Лукачевскай — «Кубалар»
Ион Лукачевскай — » Төгүрүк алааскын эн таптаа»
ТӨГҮРҮК АЛААСКЫН ЭН ТАПТАА    
Моисей Ефимов тыллара, Гаврил Слепцов мелодията

Төгүрүк алааскын эн таптаа!
Манна эрэ, ханна да буолбатах,
Үрүҥ Уолан оҕо сааһа ааспыта,
Туйаарыма Куо таптала хаампыта.

Тиэргэниҥ сэргэтин эн таптаа!
Манна эрэ, ханна да буолбатах,
Манчаары Баһылай маҥан ата
Дарбааннаах айаҥҥа турбута.

Төрөөбүт балаҕаҥҥын эн таптаа!
Манна эрэ, ханна да буолбатах,
Олоххо дьулууру уруйдаан,
Олоҥхо төрөөбүтэ аан бастаан.
Ион Лукачевскай — «Миэхэ дьолло бэлэхтээ» Н. Рыкунов тыл., В. Платонов музыката

«МИЭХЭ ДЬОЛЛО БЭЛЭХТЭЭ»

Николай Рыкунов тыл., Валерий Платонов музыката

Хатыҥ мастыы лаглайан
Нарын, кэрэ киһини
Ыраас таптал абылаан
Ыга кууста сүрэхпин.
Хос ырыата
Нарын, намчы суһуоххун,
Мичилийэр хараххын
Кистии көрө таптыыбын,
Күммэр тэҥнии саныыбын.

Миигинниин көрсүөҥ дуо?
Элэктэһэ ооньуоҥ дуо?
Илиибиттэн сиэттиһэн
Эйэргэһэ хаамсыаҥ дуо?
Хос ырыата
Нарын, кэрэ дууһабар,
Бииргэ сылдьар иэйиибэр
Бэйэҥ миигин сэрэйэн,
Миэхэ дьолло бэлэхтээ.

Хатыҥ мастыы лаглайан
Нарын, кэрэ киһини
Ыраас таптал абылаан
Ыга кууста сүрэхпин.
Хос ырыата
Нарын, намчы суһуоххун,
Мичилийэр хараххын
Кистии көрө таптыыбын,
Күммэр тэҥнии саныыбын.
Хос ырыата
Нарын, кэрэ дууһабар,
Бииргэ сылдьар иэйиибэр
Бэйэҥ миигин сэрэйэн,
Миэхэ дьолло бэлэхтээ.
Миэхэ дьолло бэлэхтээ.

Ион Лукачевскай — «Кунду ийэм» С.Кустуктаанап тыл., Д.Санников мел.

«КУНДУ ИЙЭМ»

Степан Кустуктаанап тыллара, Данил Санников мелодията

Сырдык күннээх суолунан

«Таптыыр оҕом барыый», — диэн

Атаарбытыҥ долгуйан

Алааспыттан, дьиэбиттэн.

Күндү ийэм,

Күн ийэм барахсан.

Нарын, сылаас иэйиинэн

Сырдыы, үөрэ күүттэҕэ:

«Аны уолум кэлиэ», — диэн

Алаадьылаан эрдэҕэ

Күндү ийэм,

Күн ийэм барахсан.

Тыаллаах, хаардаах буурҕаттан

Тымныйдаҕа дии санаан,

Олус күүскэ тэптэҕэ

Уоскуйбатах сүрэҕэ.

Күндү ийэм,

Күн ийэм барахсан.

Ион Лукачевскай — «Ньургуьун барахсан» Иннокентий Артамонов тыла, Иван Иванов мелодията
«НЬУРГУҺУН БАРАХСАН«    
Иннокентий Артамонов тыла, Иван Иванов мелодията

Эн биһи кыракый
Сааспытын санатан,
Кырдалга тахсыбыт
Ньургуһун барахсан.

Хос ырыата:
Тоҥ буору тобулан
Силиһи тардынар,
Күн диэки дьулуһан
Саас эрдэ көҕөрөр.

Тыллыбыт ньургуһун
Тырымныы хамсаата
Үчүгэй урсунан
Күн диэки хоҥкуйда.

Хос ырыата.

Кыыс буолан харалдьык
Кырдалга наскыйда,
Уол буолан быһыйдык
Туос ууран кылыйда.

Хос ырыата.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Можно использовать следующие HTML-теги и атрибуты:
<a href="" title=""> <abbr title=""> <acronym title=""> <b> <blockquote cite=""> <cite> <code> <del datetime=""> <em> <i> <q cite=""> <s> <strike> <strong>