2026 сыл Олунньу 20 күнүгэр Өнөрдөөҕү “Тускул” сынньалаҥ киинигэр “Иитиллибит алааһым” баянынан доҕуһуолланар улуустааҕы ырыа күрэҕэ буолан ааста. Бу күрэхпитигэр улууспут нэһилиэктэриттэн ол курдук, Байаҕантай, 2-с Лөгөй, Мүрү, Хоро, Дүпсүн, Найахы, Уус Күөл, Өнөр нэһилиэктэриттэн барыта 22 кыттааччы кыттыыны ылла.
Күрэх ааһарыгар нэһилиэкпит бааһынай хаһаайыстыбаларын салайааччылара, ону тэҥэ араас сылларга уус –уран самодельноспыт кыттыылаахтарын ааттарынан, олохтоох дьаһалта, Өнөрдөөҕү дьиэ-уот комунальнай хаһаайыстыбалара күүстээх өйөбүллэринэн , үрдүк таһымҥа ааста. Нэһилиэккит үүнэ-сайда, чэчирии турарыгар күүстээх көмөҕүтүгэр барҕа махтал тылларбытын этэбит.
Күрэх дьүүллүүр сүбэтин састааба:
Лукачевская Ион Михайлович, Луковцев Станислав Николаевич, Герасимова Мотрена Николаевна
Ырыабыт күрэҕэр кэлэн кыттыыны ылбыт ырыаһыттарбытыгар өссө төгүл эҕэрдэ бастыҥын этэбит. Инникитин да ыытар күрэхтэрбитигэр кэлэн кыттаарын диэн ыҥырабыт.


Гран-при Винокуров Семен (Уус Күөл) 20000с.
Бирииһи туруордулар: Нэһилиэк уус-уран самодеятельноһын активиһа, баянист Ушницкай Михаил Михайлович дьиэ кэргэнэ уонна уола бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Александр Михайлович Ушницкай дьиэ кэргэнэ
Лауреат 1 ст. Лукачевскай Владислав (Өнөр)
Бирииһи туруордулар: сыана ветерана Федоров Михаил Ильич аатынан оҕолоро, сиэннэрэ
Лауреат 2 ст. Афанасьева Джулия (Өнөр)
Бирииһи туруордулар: мелодист, нэһилиэк уус-уран самодеятельноһын активиһа Максимов Петр Андреевич аатынан оҕолоро, сиэннэрэ.
Лауреат 3 ст. Фомина Евдокия (Найахы)
Бирииһи туруордулар: нэһилиэк уус-уран самодеятельноһын активиһа Черноградскай Иннокентий Николаевич аатынан аймахтара
Дипломант 1 ст. Иванов Константин (Хоро)
Бирииһи туруорда: нэһилиэк уус-уран самодеятельноһын активиһа, урбаанньыт, 2017 с. “Иитиллибит алааһым” ырыа күрэҕин кыайыылааҕа Мария Пантелеймоновна Лукачевская
Дипломант 2 ст. Дмитрий Готовцев (Байаҕантай)
Бирииһи туруорда: Бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Румянцев Сергей Иванович
Дипломант 3 ст. Черноградский Василий (Уус Күөл)
Бирииһи туруорда: Бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Ушницкай Ариан Афанасьевич
“Бастыҥ дойду туһунан ырыа” Афанасьев Егор (Дүпсүн)
Бирииһи туруорда: Өнөрдөөҕү “Тускул” ск
“Чуор куолас” Черкашина Елизавета (Уус Күөл)
Бирииһи туруорда: СР культуратын туйгуна, Өнөрдөөҕү “Тускул” ск директора Лукачевскай Ион Михайлович
“Кэскиллээх ырыаһыт” Кардашевская Долгууна (Өнөр)
Бирииһи туруорда: Бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Шелковников Егор Егорович
“Кэхтибэт талаан” Татаринов Иван (Уус Күөл)
Бирииһи туруорда: “Өнөр нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтин дьаһалтата
“Иэйиилээх ырыаһыт” Петухов Василий (Мүрү)
Бирииһи туруорда: Бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Сыроватскай Михаил Иванович
“Ымыылаах ырыаһыт” Гоголева Наталия (2-с Лөгөй)
Бирииһи туруорда: Бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Ушницкай Дьулус Петрович
“Алыптаах куолас” Шепелев Гаврил (2-с Лөгөй)
Бирииһи туруорда: Бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Ушницкай Дьулус Петрович
“Ылбаҕай ырыаһыт” Марков Эдуард (Найахы)
Бирииһи туруорда: Бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Сыроватскай Михаил Иванович
“Дьиэрэйэр куолас” Лукачевская Нина (Өнөр)
Бирииһи туруорда: Бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Ушницкай Ариан Афанасьевич
“Күрэс арыйыыта” Васильева Любовь (Байаҕантай)
Бирииһи туруорда: Бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Лукачевскай Александр Иннокентьевич
“Дууһа истиҥэ” Стручкова Айнура (Дүпсүн)
Бирииһи туруорда: Бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Осодоев Александр Львович
“Көмүс куолас” Бурцева Людмила (Дүпсүн)
Бирииһи туруорда: Бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Лукачевскай Александр Иннокентьевич
“Кэрэхсэбиллээх ырыаһыт” Готовцев Иван (Байаҕантай)
Бирииһи туруорда: Бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Осодоев Александр Львович
“Кэрэ куолас” Федорова Мария (Мүрү)
Бирииһи туруордулар: Бааһынай хаһаайыстыба салайааччылара Шелковников Егор Егорович, Румянцев Сергей Иванович
“Дойдуга тапталы” туойуу Егоров Гаврил (Байаҕантай)
Бирииһи туруорда: “Өнөр нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтин дьаһалтата
“Нарын иэйии” Иванов Константин (Хоро)
Бирииһи туруорда: Өнөрдөөҕү дьиэ уот коммунальнай хаһаайыстыба коллектива
“Алыптаах иэйии” Фомина Евдокия (Найахы)
Бирииһи туруорда: Өнөрдөөҕү “Тускул” ск
“Көрөөччү биһирэбилэ” Готовцев Дмитрий (Байаҕантай)
Бирииһи туруордулар: Ирина, Альберт Лыткиннар дьиэ кэргэн
“Баянынан ырыа кэрэ эйгэтигэр бастыҥ көҕүлээччи, доҕуһуолдьут” Кривошапкин Владислав (Байаҕантай)
Бирииһи туруордулар: СР культуратын туйгуна, мелодист, баянист Федоров Василий Гаврильевич

