Алтынньы 1 күнэ, сылын аайы сааһырбыттар декадалара буолар. Декада устата араас хабааннаах тэрээһиннэр, оонньуулар ыытыллаллар. Нэһилиэкпит олохтоохторо бары ыытыллар оонньууларга бэрт көхтөөхтүк кытталлар. Бүгүн балаҕан ыйын 2 күнүгэр декада чэрчитинэн «Корнхол» оонньуу буолан ааста.
Күрэххэ кэрэ аҥардарга уонна эр дьоннорго арааран бэрт тыҥааһыннаах киирсии буолла. Түмүккэ эр дьоҥҥо 1-кы миэстэ Альберт Лыткин, 2-с миэстэ Петр Протопопов, 3-с миэстэ Тимофей Атласов.
Кэрэ анардарга 1-кы миэстэ Александра Ушницкая, 2-с миэстэ Марфа Охлопкова, 3-с миэстэ Нина Лукачевская буолары ситистилэр.
















