Муниципальное бюджетное учреждение “Онерский Культурный центр “Тускул” муниципального образования “Онерский наслег” Усть-Алданского улуса (района) Республики Саха (Якутия)

Рубрика «Ырыа-олох аргыһа» Өнөр нэһилиэгин айар куттаах мелодистара

Максимов Петр Андреевич Петр Андреевич Максимов 1944 с. ахсынньы 9 күнүгэр Уус-Алдан оройуонун Дүпсүн нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ Варвара Петровна Максимова — Соловьева, аҕата- Андрей Яковлевич Максимов Дүпсүн нэһилиэгэр Дабаадыма сиригэр олорбуттара. 1960 с. Дүпсүн оскуолатын аҕыс кылааһын бүтэрэн, Кыһыл Армия кэккэтигэр 3-тэн тахса сыл сулууспалаабыта. 1968 с. Любовь Николаевна Сергеевалыын ыал буолан, билигин… (читать далее)

«Иэйии» вокальнай ансаамбыл (салайааччы Василий Федоров)

Өнөр сирин таптыыбын Петр Максимов тыллара уонна мелодията Тыгын Дархан ытыктаан Үтүө аатын ааттаабыт Тоҕуй ууһун саҕаттан Тоҕуоруспут бар дьоммут Күлүмүрдэс долгуннаах Сырдык ыраас уутугар Сордоҥ, мунду, алыһар Собо бэрдэ балыктаах Өҥ быйаҥнаах дойдубун Өнөр сирин таптыыбын! Өҥ быйаҥнаах дойдубун Өнөр сирин таптыыбын! Уолан бүппэт уулардаах Бастар бүппэт балыктаах Дьигискэннээх сүүрүктээх Дьикти кэрэ үрэхтээх Үрэхтэрин… (читать далее)

Аҕам саастаахтар декадаларын чэрчитинэн эҕэрдэ почта

Кунду Өнөр нэһилиэгин аҕам саастаах дьоно-сэргэтэ! Эһигини сааһырбыттар декадаларынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Эһиги олоххо тапталгыт, үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыһыыгыт, олоххо баай-уопуккут, мындыр толкуйгут үүнэр көлүөнэ ыччакка, үлэлии-хамсыы сылдьар дьоҥҥо холобур буола туруохтун! Ытыктабыллаах аҕам саастах дьоммутугар  баҕарабыт модун күүстээх санааны, чэгиэн-чэбдик доруобуйаны! Дьиэ кэргэҥҥит, чугас дьоҥҥут тапталларыгар угуттанан өр сылларга этэҥҥэ олорун,  дьолу-соргуну баҕарабыт! play youtube, play youtube,… (читать далее)

«ИЙЭМ МИЭНЭ КЫРАҺЫАБАЙ» ийэ туһунан ырыалары биирдиилээн толорууга, уһуйаан саастаах оҕолорго кэтэхтэн ыытыллар аһаҕас ырыа күрэҕин балаһыанньата

БОЛҔОЙУҤ❗️❗️❗️КОНКУРС Саха сирин ийэлэрин күнүн көрсө👏👏👏👏👏«ИЙЭМ МИЭНЭ КЫРАҺЫАБАЙ»ийэ туһунан ырыалары биирдиилээн толорууга, уһуйаан саастаах оҕолорго кэтэхтэн ыытыллар аһаҕас ырыа күрэҕин балаһыанньата:Тэрийээччилэр: Уус-Алдан улууһа (оройуона) «Өнөр нэһилиэгэ» Муниципальнай тэриллии«Өнөрдөөҕү «Тускул» сынньалаҥ киинэ».🌺Сайаапканы алтынньы ый 2️⃣0️⃣ күнүгэр диэри ыытаҕыт ✊🌺Күрэх алтынньы ый 2️⃣2️⃣күнүгэр түмүктэнэр.🌺Күрэх ирдэбилэ: күрэххэ уһуйаан саастаах оҕолор, ийэ туһунан ырыаны көҥүл доҕуһуолга толорон, видеоҕа устан… (читать далее)

«Учуутал күнүнэн эҕэрдэ!» Өнөр оскуолатыгар араас кэмҥэ үөрэммит үөрэнээччилэрин истиҥ эҕэрдэлэрэ

Күндү Россия геройа Михаил Михайлович Стрекаловскай аатын сүгэр Өнөр орто оскуолатын учууталлара! Эһигини идэлээх бырааһынньыккытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Биһиги уһуйааччыларбыт киэҥ билиилэрэ, үлэҕэ баай уопуттара, идэлэригэр бэриниилэрэ, тулуурдара, үөрэнээччилэригэр тапталлара нэһилиэкпит сайдыытыгар төһүү күүс буолуо диэн эрэнэбит! Учуутал – бу көннөрү идэ эрэ буолбакка, олох бэлэҕэ, анала. Эһиги оҕоҕо билиини биэрэри, толкуйдуурга үөрэтэри таһынан, үтүөҕэ, кэрэҕэ, сырдыкка… (читать далее)

«КҮНДҮ КИҺИ ~ЭБЭЭ» АҺАҔАС КҮРЭХ БАЛАҺЫАННЬАТА

БОЛҔОЙУҤ КОНКУРС🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂СААҺЫРБЫТТАР ДЕКАДАЛАРЫН ЧЭРЧИТИНЭН ЫЫТЫЛЛАР«КҮНДҮ КИҺИ ~ЭБЭЭ» АҺАҔАС КҮРЭХ БАЛАҺЫАННЬАТА: Тэрийээччи: Уус-Алдан улууһун Өнөрдөөҕү «Тускул» ск.Ыытыллар бириэмэтэ (сайаапкалары ылыы): Алтынньы 4️⃣-1️⃣4️⃣күннэрэ.Сыала:~Дьиэ кэргэн бөҕө туруктаах буолуутун ситиһии уонна сайыннарыы.~сатабыллаах хаһаайкалар уопуттарын тарҕатыы.Түһүмэхтэрэ:🍁»Визитка»~бэйэни билиһиннэриини табыгастаах ньыманан туһанан көрдөрүү.🍁»Эбээм минньигэс аһа»~Кыттааччы саамай сөбүлээн астыыр аһын көрдөрүүтэ (хаартысканан, видеонан көрдөрүү).🍁»Мааны былааччыйа кэрэтэ»~Мааны таҥаһын кэтэн түспүт 3-тэн элбэҕэ суох хаартыската.🍁»Кэрэни… (читать далее)

Василий Федоров, Ион Лукачевскай — «Ахтылҕан»

Ефим Дегтярев Уус-Алдан оройонун Өлтөх нэһилиэгэр төрөөбүтэ. «Ахтылҕан» диэн бастакы ырыатын 1980 сыллаахха өссө оскуолаҕа сылдьан айбыта. Бу ырыата тута дьон -сэргэ биһирэбилин ылбыта уонна эдэр ыччат уоһуттан түһэрбэт ырыата буолбута. Кэлин П.Тобуруокап тылыгар «Саҥа дьиэҕэ» диэн ырыата эмиэ дьон-сэргэ сөбүлээн ыллыыр ырыата буолбута. «Доҕорбор» Е.Дегтярев тыла, мелодията. Ыраата сылдьаммын доҕоруом Эйигин саныыбын мэлдьитин Бу… (читать далее)

Анна Макарова — «Алдан»

Иннокентий Слепцов Уус — Дьааҥы улууһуттан төрүттээх, «Сандалы» бөлөҕү кытта 3 магнитнай альбому таһаарбыттара. Ырыалара «Төрөөбүт алаас», «Күн мичээрэ», «Ылламматах ырыалар», «Оҕо сааһым кырдалынан», «Алдан», «Эдэр саас ырыалар», «Сайыҥҥы ардах» уо.д. а. «Алдан» И.Слепцов тыл, мел. Күннэтэ мин кэлэн турабын Алданым биэрэгэр, Күлүмнүүр айылҕалаах Ырыабар ыллыыбын Хос ырыата: Алдан,Алдан, эн устууй, Мин санаабын уоскутууй, Алдан,… (читать далее)

Ион Лукачевскай — «Туйаарыма Куо»

Геннадий Петрович Бечеряков 1965 сыллаахха олунньу 19 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Бастакы «Ахтылҕан» диэн ырыатын 1983 сыллаахха суруйбута. Барыта 50-ча ырыа автора. СР Суруналыыстарынсойууһун чилиэнэ. СР культуратын туйгуна. «Туйаарыма» Г. Бечеряков тыла, мелодията. Биллэр ырыалара: «Туйаарыма Куо», «Дьол уонна сор», «Доҕорбор», «Дьокуускай куоратым» уо.д.а. «Туйаарыма Куо» Г.Бечеряков тыла, мелодията. Ый симик уотугар… (читать далее)