Муус устар 13 күнүгэр В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһыгар «Түмсүүнэн сайдыыга, үлэнэн үрдэлгэ» фестиваль гала-концера буолла. Биһиги нэһилиэктэн «ЛАУРЕАТ» үрдүк ааттарын ыллылар:
- Октябрина Протопопова, Василий Федоров дуэттара
- Николай Лыткин
- Ион Лукачевскай
- Анна Макарова
- «Дьүөгэ» вокальнай ансаамбыл
- Чабырҕах бөлөҕө (Яценко Д., Ушницкая М., Черноградская Н., Ушницкая В., Лукачевская И.)
Уус-уран самодеятельность көрүү лауреаттарыгар эҕэрдэ!