Муниципальное бюджетное учреждение “Онерский Культурный центр “Тускул” муниципального образования “Онерский наслег” Усть-Алданского улуса (района) Республики Саха (Якутия)

Кыайыыны айхаллыыр хоһооннор

Орто дойду олоҕун атыйахтаах уу курдук аймаабыт иккис Аан Дойду сэриитэ киһи — аймах историятыгар саамай иэдээннээх сылларынан биллэр. Иэнэ суох иэдээни, аана суох алдьархайы тоҕо тардыбыт Гитлеровскай Германияны умса баттаан, 75 сыл анараа өттүгэр, бүтүн Советскай Союз үрдүнэн, Улуу Кыайыы кыһыл Знамята өрө күөрэйбитэ. Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө Өнөр нэһилиэгин олохтоохторун икки ардыларыгар «КЫАЙЫЫНЫ АЙХАЛЛЫЫР ХОҺООННОР» заочнай хоһоон ааҕыы күрэҕэ буолла. Күрэххэ нэһилиэк иһигэр олорор биир дойдулаахтарбыт 3 бөлөххө арахсан кытыннылар, хоһооннорун дьиэлэригэр олорон эрэ устан ыыттылар, кыайыылаахтары дьүүллүүр сүбэ быһаарда, видеолара Өнөрдөөҕү «Тускул» сынньалаҥ киинин инстаграм страницатыгар Кыайыы күнүгэр таҕыста.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Можно использовать следующие HTML-теги и атрибуты:
<a href="" title=""> <abbr title=""> <acronym title=""> <b> <blockquote cite=""> <cite> <code> <del datetime=""> <em> <i> <q cite=""> <s> <strike> <strong>