Муниципальное бюджетное учреждение “Онерский Культурный центр “Тускул” муниципального образования “Онерский наслег” Усть-Алданского улуса (района) Республики Саха (Якутия)

Фроҥҥа атаарыы

«Иэйии» вокальнай ансаамбыл толоруутугар «Фроҥҥа атаарыы»

Фроҥҥа атаарыы

Эллэй тыллара, Н.Слепцов мелодията

Көрөҕүн эдэрдиин эмэнниин,
Ийэ сир бүтүннүү турбутун.
Халлааны хамсатар этиҥнии
Абарбыт өй-санаа күүрбүтүн

Күн көмүс көҥүл дьол иннигэр
Эн хорсун буоларгын билэбит
Ол иһин эйигин сэриигэ
Бу чиэстээн, атааран эрэбит.

Бырааппыт, сэгэрбит кэккэлэс
Мөлүйүөн эн курдук хотойдуун!
Бырааппыт, сэгэрбит сэриилэс
Мөлтөөбөт, чугуйбат геройдуу.

Эйигин ийэ сир ииппитэ,
Коммунист партия, күн Ленин.
Эн Боотур бодоҕун биэрбитэ
Биэрбит Кыайыыга эрэлгин