«Иэйии» вокальнай ансаамбыл толоруутугар «Тоҕо эрдэ билбэтэмий»
Тоҕо эрдэ билбэтэмий
Венера Алексеева тыллара,
Федор Гоголев мелодията
Таптал аптаах кыымнара
Күөдьүйдүлэр сүрэхпэр,
Оо элбэх да сылларга
Сөҥөн сыппыт эбиттэр.
Припев:
Тоҕо эрдэ билбэтэмий
Маннык таптал кэлиэҕиҥ
Тоҕо тоҥуй сүрэххэ
Эдэр сааспын санаатым
Бырастыы гын, доҕоруом
Албыннаппыт сүрэхпин,
Алҕаһааммын атыҥҥа
Абылаппыт буруйбун
