«Иэйии» вокальнай ансаамбыл толоруутугар «Кыталыктар кырдаллара» Леонид Попов тыллара, Захар Винокуров мелодията
Кыталыктар кырдаллара
Үгүс үөмэх үөл үөттэр
Үмүрүччү үүммүттэр,
Кыталыктар кырдаллара
Бу киэн Лена кытыллара
Улуу өрүс хочотугар
Куба түһэр хочотугар
Ыйырбахтаан ылар курдук
Эҕирийэ тыына турдум
Кэрэкэтиэн Ийэ дойдум
Сахам сирин сааскы күөҕэ
Кэҕэ эттин, чыычаах туойдун
Сүрэх тэптин күүскэ үлэҕэ
