Муниципальное бюджетное учреждение “Онерский Культурный центр “Тускул” муниципального образования “Онерский наслег” Усть-Алданского улуса (района) Республики Саха (Якутия)

ДЬИЭ КЭРГЭН — ОЛОХ ТӨРДӨ

Антонина, Алексей Дьяконовтар дьиэ кэргэн Дьиэ кэргэн бу иэгэйэр икки атахтаах тирэҕэ, силиһэ, мутуга, үүнэр, сайдар чэчириир мас кэриэтэ. Киһи биирдэ төрөөн ааһар олохтон дьолун, кэрэтин,  сырдыгын талаары бу орто дойдуга ананан кэлэр. Окко түспүт оҥоһуу сиргэ түспүт сэрэбиэйин биһиги өбүгэлэрбит мээнэҕэ эппэтэхтэрэ чахчы. Хас биирдии дьиэ кэргэн ыччаттара өссө ордук дьон буола улааталларыгар сүрүн… (читать далее)

«Дьол-үөрүү ырыалара» ырыа күрэҕэ.

Кулун тутар 13 күнүгэр, Нам улууһугар Саха самодеятельнай композитора Захар Порфирьевич Винокуров аатынан, аһаҕас республиканскай ырыа күрэҕэ ыытылынна. Бу күрэххэ, биһиги нэһилиэкпит самодеятельноһын кыттыылаахтара «Иэйии» вокадьнай ансаамбыл, «Күбэйэ» вокальнай квартет, «Дьүөгэ» вокальнай ансаамбыл Федоров В.Г. салайааччылаах баран кыттыыны ылан кэллилэр. Күрэх түмүгүнэн «Дьүөгэ» вокальнай ансаамбыл Дипломант 2 ст. буолары ситистилэр. Ырыаны аргыс оҥостор ансаамбылларбытыгар, инникитин… (читать далее)

«Байаан дьүрүскэннээх иэйиибит түһүлгэтэ -Уус-Алдан».

Кулун тутар 11 күнүгэр В.В.Никифоров-Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһыгар «Байаан дьүрүскэннээх иэйиибит түһүлгэтэ — Уус-Алдан» байаан доҕуһуолунан Уус-Алдан мелодистарын ырыаларынан, улууспут бастыҥ мелодистара, ырыаһыттара, баянистара кыттыылаах улахан кэнсиэр түһүлгэтэ буолла. Бу ырыа түһүлгэтигэр биһиги нэһилиэктэн кыттыыны ыллылар: «Күбэйэ» вокальнай квартет, Василий Федоров, Мария Лукачевская. Проект автордарынан буолаллар: СР культуратын туйгуннара, мелодистара, улууспут бастыҥ баянистара… (читать далее)

Кэрэ аҥардарын көрсө «Кэрэ ситим- кыыс оҕо ийэтинээн» күрэх.

Сааскы маҥнайгы бырааһынньыгы, кэрэ аҥардар күннэрин көрсө нэһилиэкпит ийэлэрэ кэрэ кыргыттарын кытта «Кэрэ ситим-кыыс оҕо ийэтинээн» күрэх буолла. Күрэххэ уопсайа 4 хамаанда кыттыыны ылла.                   “Кэрэ ситим ‒ кыыс оҕо ийэтинээн” күрэх түһүмэхтэрэ:I түһүмэх – Тимэх тигиигэ күрэс (ийэ сап киллэрэр, кыыс тигэр) II түһүмэх – Бэриллибит бородууктаттан ас астааһын III түһүмэх – Ситуациялартан талан… (читать далее)

Кэрэ аҥардар күннэрин көрсө «Сааскы бэлэх» атыы-тутуу ярмарката ыытылынна.

Сааскы маҥнайгы бырааһынньыгы көрсө, нэһилиэк далбар хотуттара кыттыылаах атыы-тутуу ярмарката ярмарката ыытылынна. Ярмаркаҕа нэһилиэк тарбахтарыгар талааннаах кэрэ аҥардар бэйэлэрэ оҥорбут оҥоһуктарын, минньигэс астарын астаан, ону тэҥэ араас табаар эгэлгэтэ атыыланна. Атыылаһааччылар тоҕуоруһа мустан, чугас дьонноругар сэмэй бэлэхтэри ылан үөрэн-көтөн тарҕастылар.

«СААСКЫ БЭЛЭХ»

Биллэрии !Кулун тутар 7 күнүгэр, күнүс 3 чаастан сааскы маҥнайгы бырааһынньыгынан э5эрдэлээн туран, кэрэ аҥардар күннэрин чэрчитинэн 💐💐💐💐»СААСКЫ БЭЛЭХ» 💐💐💐💐оҥоһук, ас-үөл уонна да атын эгэлгэ табаар атыытын дьаарбаҥкатыгар, нэһилиэкпит олохтоохторун, мааны ыалдьыттарын кыттыыны ыларгытыгар уонна атыылаһа кэлэргитигэр ыҥырабыт.Бу күн эһиэхэ эрэ анаан, уран тарбахтаах далбар хотуттарбыт араас оҥоһуктары уонна минньигэс бырааьынньыктаа5ы астарын, бэлэххэ сөптөөх табаардарын… (читать далее)

«Отряд Путина» студеннар түмсүүлэрэ Өнөр нэһилиэгэр ыалдьыттаатылар.

«Отряд Путина» студеннар түмсүүлэрэ Өнөр нэһилиэгэр кэлэн ыалдьыттаатылар. Кэлэн баран программа чэрчитинэн, Россия Геройа М.М.Стрекаловскай аатынан Өнөр орто оскуолатын үөрэнээччилэригэр проф.ориентационнай программанан араас үөрэх кыһаларын сырдаттылар. Ол кэнниттэн нэһилиэк олохтоохторугар, ол эбэтэр тыыл ветераннарга, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр, дьиэ тас үлэтигэр үлэлээн көмөлөстүлэр.

«Кэрэ ситим — кыыс о5о ийэтинээн» күрэх балаһыанньата.

Арассыыйаҕа ‒ Дьиэ кэргэн,                               Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр — Оҕо-аймах сылларынан ыытыллар                                   “Кэрэ ситим ‒ кыыс оҕо ийэтинээн” күрэх балаһыанньата. Буолар кэмэ: 2024 с. кулун тутар 8 кунэ, 19:30 ч.Буолар сирэ: Эһэлээх сэл., Өнөрдөөҕү “Тускул” култуура киинэ. Тэрийээччилэр:• Өнөрдөөҕү «Тускул» сынньалаҥ киинэ. Сыала-соруга:• Саҥа талааннары көрдөөһүн, киэҥ араҥаҕа таһаарыы;• Чөл олохтоох, ураты дьарыктаах дьиэ кэргэттэри көҕүлээһин;• Ийэ… (читать далее)

Пушкинская карта.

«Пушкинская карта» — это уникальная программа популяризации культурных мероприятий среди молодежи, которая появилась в 2021 году. Ее выдают юным гражданам Российской Федерации, чтобы они могли за счет государства ходить в кино, на выставки, посещать театры и концерты. Что такое «Пушкинская карта» «Пушкинская карта» — это банковская карта с лимитом, средства на счету которой можно использовать,… (читать далее)